Чугaстааҕы күннэргэ Өлүөнэ өрүс Покровскай, Дьокуускай уонна Хаҥалас учаастагар ардахтан уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр. Дьокуускайдааҕы гидрометеосулууспа иһитиннэрбитинэн, уу таһыма үрдүү турар — суукка иһигэр 15-тэн 20 сантиметрынан эбиллэр. Өссө эбии 5-15 см үрдүө диэн сабаҕаланар.
Оттон Алдан уонна Бүлүү өрүстэргэ уу таһыма суукка иһигэр 5-тэн 40 см диэри түһүүтэ салҕанар. Алдан өрүс үөһээ тардыытыгар, Суон Тиит гидропост аттыгар, кыра ардах кэнниттэн уу эбиллэрэ бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэ хоту уонна хотугулуу-илин өрүстэригэр уу таһыма үксүгэр араас күүһүнэн намтыыр. Идэлээхтэр гидрологическай балаһыанньаны куруук кэтээн көрөллөр.