4,5 мөлүйүөннээх бэрик биэрбитин иһин…

Силиэстийэлиир кэмитиэт силиэстийэлиир управлениетын ураты суолталаах дьылалары силиэстийэлиир иккис отделын ыстаарсай силиэдэбэтэлэ улахан бэриги биэрии дьыалатын бүтэрдэ. Холуобунай дьыала РФ Холуобунай кодексын 291 ыстатыйатын 5 чааһынан (ураты улахан бэриги биэрии) тэриллибитэ.

 

Силиэстийэ быһаарбытынан, биир ХЭТ дириэктэрэ 2023 сыл атырдьах ыйыттан ахсынньыга диэри «СӨ автомобильнай суолларын управлениетын» генеральнай дириэктэригэр 4,5 мөлүйүөн солкуобайы биэрбит. Бу бэрик суоллары өрөмүөннүүргэ хантараак түһэрсиигэ уонна оҥоһуллубут үлэни харгыһа суох тутарга, төлөбүрүн суһаллык  ыытарга сыһыаннаах эбит.

Холуобунай дьыаланы силиэстийэлээһин түмүктэннэ. Силиэстийэ сөптөөх дакаастабыллары хомуйда. Борокуруор буруйдуур түмүктээһинин кытта холуобунай дьыала суут көрүүтүгэр барда.

 

ТАР5АТ: