Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ автосервис аһар баҕалаах

Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр анаан, биэс күннээх «СВОе дело|14» диэн урбаан үөрэҕэ үрдүк таһымҥа ыытылла турар.

Бу бырайыак сүрүн сыала – байыаннай дьайыыга сылдьыбыт дьоммут эйэлээх олоххо төннөн, бэйэлэрин дьыалаларын аһан, урбаан эйгэтигэр ситиһиилээх үлэлииллэригэр көмөлөһүү.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Владимир Иванов – урбааҥҥа бастакы хардыыны оҥорор, кини автосервис аһан  үлэлэтэр баҕалаах. Кини 2024 сылтан 2025 сылга диэри анал байыаннай дьайыыга хорсуннук сылдьыбыта. Билигин кини «СВОе дело|14» бырайыак иһинэн бэйэ дьыалатын аһарга үөрэнэ сылдьар.
«Мин Дьокуускайга автосервис аһан үлэлэтэр былааннаахпын. Ону таһынан, бу дьыаланы кэҥэтэн, сайыннарыахпын баҕарабын. Бу үөрэх инникитин миэхэ олус туһалаах буолуо дии саныыбын», – диэн Владимир бэйэтин эрэлин биллэрэр.
Кини курдук, байыаннай дьайыы элбэх бэтэрээннэрэ «СВОе дело|14» бырайыак нөҥүө бэйэлэрин урбаан эйгэтигэр суолларын тэлэллэр. Маннык бырайыактар дойдубут инники сайдыытыгар, дьон сэргэ олоҕун тупсарыыга улахан суолталаахтар.

ТАР5АТ: