Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа социальнай хантараагынан автосервис арыйар былааннаах

Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Андрей Афанасьев Хаҥалас улууһугар автосервис арыйар былааннаах. Кини хантараагын болдьоҕо бүтэн, байыаннай дьайыы зонатыттан дойдутугар эргиллибит.

«Хантараагым болдьоҕо бүтэн, Покровскай куоракка дьиэбэр төннөн кэлбитим. Кэргэмминиин уол оҕолоннубут, онон дьиэ кэргэммин иитэр туһугар үлэлиэхпин наада. Байыаннай дьайыы бэтэрээнин дастабырыанньатын ылбытым. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда филиалын социальнай координатора уонна улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын исписэлиистэрэ бэйэ дьыалатын тэринэргэ социальнай хантараагы түһэрсэргэ сүбэлээбиттэрэ. Сир учаастагын атыылаһар кыах баар буолбутугар, автосервис арыйарга санаммытым. Социальнай координатор Екатерина Перевалова маннык өйөбүлү ыларга туох ирдэнэрин быһааран биэрбитэ. Онтон улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетыгар тиийэн, социальнай хантараагы түһэрсибитим. Билигин барыта былаан быһыытынан баран иһэр», — диэн Андрей Афанасьев кэпсээтэ.

АБДь бэтэрээнэ биисинэ-былаан оҥорон, хамыыһыйа иннигэр көмүскээбит уонна 500 тыһыынча солкуобай суумалаах өйөбүлү ыларга социальнай хантараагы түһэрспит. Бу үбү кини бэйэтин автосервиһын арыйарга туһаныаҕа.

«Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ бэйэлэрин дьыалаларын тэринэллэригэр көмө ылар туһугар социальнай хантараагы түһэрсиэхтэрин сөп. Бу өйөбүл дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕын толоруу чэрчитинэн көрүллэр. Ол курдук, федеральнай бүддьүөттэн 350 тыһыынча солкуобай, оттон өрөспүүбүлүкэ өттүттэн 150 тыһыынча солкуобай бэриллэр. Бу анал дьайыы бэтэрээннэригэр урбаанынан дьарыктаналларыгар кыах биэрэр», — диэн Саха сиринээҕи «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын социальнай координатора Екатерина Перевалова кэпсээтэ.

Санаттахха, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ааспыт сыл ахсынньытыгар Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр, АБДь бэтэрээннэрин социальнай реабилитациялааһын уонна эйэлээх олоххо адаптациялааһынбоппуруостарыгар ураты болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтээбитэ. «Бу — үөрэх, үлэнэн хааччыйыы уонна уопсастыбаннай олоххо сыһыарыы буолар», — диэбитэ Ил Дархан. Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/42292

ТАР5АТ: