Дьааҥы өрүскэ муус харыыта үөскээтэ

Усуйаана сэлиэнньэтигэр (Усть-Янск) халаанынан сибээстээн тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээтэ. Дьааҥы өрүскэ муус харан, уу кутталлаах таһымы аһаран, тиэргэннэр ууга бардылар.

Бүгүн сарсыарда уу таһыма  1027 см тиийэ (кутталлаах таһым 1023 см) сырытта. Бу кэнниттэн уу арыый намтаан, 1015 см буолла.

Дьаһалта биэрбит чахчыларынан,   66 олорор дьиэ тиэргэнэ ууга барбыт. Бу манна  221 киһи, ол иһигэр 87 оҕо олорор. Ким да эмсэҕэлээбэтэх. Сэрэххэ 8 киһи, ол иһигэр түөрт оҕо аймахтарыгар барбыттар.

«Билиҥҥи туругунан сэлиэнньэ ититиинэн, уотунан хааччыллан олорор.  17:00 ч. туругунан икки тиэргэн ууга турар. Балаһыанньа хонтуруолга тутуллар», – диэн Усуйаана улууһун баһылыга  Валерий Сидорин иһитиннэрдэ.

Уу таһыма арыый түстэ эрээри, балаһыанньа тыҥааһыннаах. 13:00 ч. олохтоох бириэмэнэн Усуйаана пост таһынан  муус саҥа харыыта үөскээбит.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/51084

ТАР5АТ: