15,5 мөлүйүөнтэн бииригэр эрэ көстөр түгэн!

Муус устарга Санкт-Петербурга биир яйцеклеткаттан (однояйцевые) сайдан төрөөбүт, түөрт кыыс оҕону балыыһаттан таһаарбыттар. Бу туһунан РИА Новости суруйар.

Оҕолор 32-с нэдиэлэлэригэр 1,36-1,64 киилэ ыйааһыннаах, 37-41 см диэри уһуннаах төрөөбүттэр. Төрүүр дьиэ үлэһиттэрэ болдьохторун иннинэ бэрт эрдэ төрөөбүттэр диэтэххэ, көрдөрүүлэрэ үчүгэй диэн быһаарбыттар. Маныаха биир хромосомалаах (монохориальная) түөрт оҕо 15,5 мөлүйүөнтэн биирдэригэр эрэ буолар, дэҥҥэ көстөр сэдэх түгэн диэн бэлиэтээбиттэр.

Оҕолору Аня, Соня, Василиса уонна Настя диэн ааттаабыттар. Бөҕөргүү түспүттэрин кэннэ, аҕыйах хонуктааҕыта эрэ балыыһаттан таһаарбыттар.

Тута элбэх оҕолоох ыал аатын сүкпүт ыалга бары көрүллэр төлөбүр, босуобуйа төлөммүт. Түөрт оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала бэриллиэҕэ, ону тэҥэ, элбэх оҕолоох быһыытынан учаастак ылалларыгар уочаракка туруохтара диэн суруйбуттар.

Санкт-Петербург губернатора Александр Беглов төрөппүттэргэ түөрт оҕо олорор кириэһилэлээх “Лада Ларгус” массыына күлүүһүн туттарбыт. Бэнидиэнньиктэн кинилэргэ социальнай ньээҥкэ көмөлөһүөҕэ диэн ыйбыттар. Бу туһунан РИА Новости суруйар.

ТАР5АТ: