Биэнсийэҕэ ааҕыллыбатах үлэ ыстааһын хайдах сөргүтүөххэ сөбүй?

Үлэ киниискэтигэр киирбэтэх үлэ кэмнэрин биэнсийэ ыстааһыгар аахтарар туһуттан, Социальнай пуондаҕа сайабылыанньа уонна туһааннаах докумуоннары биэрэн сөргүтүөххэ сөп, диэн «РИА Новости» аааҕыныстыбаҕа Г.В. Плеханов аатынан Арассыыйатааҕы экэниэмикэ үнүбүрсүөтүн судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үп хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ Юлия Финогенова иһитиннэрдэ. 

«Тус счеттан ылыллыбыт выпискаҕа олоҕуран үлэлээбит кэм уонна ыстааска киирбит социальнай суолталаах кэмнэр тустарынан иһитиннэриини ылыахха сөп. Өскөтүн ханнык эрэ биричиинэнэн сорох кэмнэр киирбэтэх буоллахтарына, Социальнай пуондаҕа сайабылыанньа суруйуохха уонна ааҕыллыбатах ыстааһы бигэргэтэр докумуоннары сыһыарыахха наада», — диэтэ Финогенова.

Биэнсийэ ыстааһа киһи официальнайдык үлэлээбит бары кэмнэриттэн турарын кини чопчулаата. Онно 2002 сылга диэри үлэлээбит ыстаас, ол иһигэр страховой усунуос тиһигэ суох кэминээҕи сэбиэскэй кэмнээҕи үлэ, ону тэҥэ 2002 сыл кэнниттэн страховой ыстаас киирэллэр. Страховой ыстааска, Финогенова этэринэн, сүрүн үлэ кэмин таһынан, киһи биричиинэлээхтик үлэлээбэтэх социальнай суолталаах сыллара эмиэ киирэллэр. Ол курдук, холобур, аармыйаҕа сулууспалааһын, үлэтэ суох буолан босуобуйа ылыы, I группа инбэлиэти эбэтэр биир аҥаар сааһыгар диэри оҕону көрүү-истии буолуохтарын сөп. Бу кэмнэргэ эмиэ биэнсийэ бааллара ааҕыллаллар. 

Үлэ ыстааһа биэнсийэни ааҕарга туһаныллар биэнсийэ баалларын ахсааныгар быһаччы дьайарын Финогенова бэлиэтээтэ. Үлэ ыстааһын ааҕыыга алҕастар Социальнай пуондаҕа тиэхиньикэ сыыһатыттан эбэтэр үлэ биэрээччиттэн пуонда салааларыгар сыыһа иһитиннэрии киирбитин түмүгэр тахсыахтарын сөп.

«Үксүгэр ыстаас баарын бигэргэтэр докумуоннарынан манныктар буолаллар: үлэ дуогабардара, үлэҕэ ылыы туһунан бирикээстэртэн выпискалар, хамнас биэдэмэстэрэ уонна, саамай сүрүнэ, үлэ киниискэтигэр суруллубут суруктар», — диэн эспиэр түмүктээтэ.

ТАР5АТ: