СӨ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһин иитинэн, Идэ таһымын үрдэтэр институт иккис мэндиэмэнигэр көрбүт эрэ киһини барытын оҕо сааһыгар, оскуолатааҕы сылларыгар төнүннэрэр бэрт интэриэһинэй быыстапканы туруорбуттар. Ол тугуй? Букубаар быыстапката.
Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, Бүлүүтээҕи норуот үөрэҕириитин түмэлэ 10 тыһ. кэриҥэ экспонаттаах эбит. Онно 27 улахан кэллиэксийэ баарын ыйаллар. Олортон саамай элбэх ахсаннааҕынан сүрүн миэстэни букубаар ылар эбит – 200-тэн тахса букубаар хараллан сытар үһү!
“Бу кэллиэксийэни Саха сиригэр бэчээттэммит сахалыы, Арассыыйа норуоттарын уонна урукку Сэбиэскэй сойуус норуоттарын букубаардара диэн үс түһүмэҕинэн наардаабыппыт. Саха сиригэр тахсыбыт 35 кинигэ баар. Олортон биирдэстэринэн 1923 сыллаахха С.А.Новгородов алпаабытынан тахсыбыт “Сурук-бичик” буолар. Бу букубаары лингвист-учуонай С.А.Новгородов кыыһа Елена Семеновна 1980 сыллаахха биһиги түмэлбитигэр анаан-минээн бэлэхтээбитэ. Биһиги сабаҕалыырбытынан, бу букубаары Семен Андреевич бэйэтэ илиитинэн туппут-хаппыт, туһаммыт буолуон сөп”, — диэн Бүлүүтээҕи норуот үөрэҕириитин түмэлин исписэлииһэ Сергей Иванов кинигэ устуоруйатын билиһиннэрэн саҕалаатын кытта өссө кичэйэн, өйдөөн-дьүүллээн көрөбүн.
Бу кэпсэтэ турдахпытына сийиэс делегаттара ааһан иһэн көрөн: “Мин үөрэммит букубаарым бу турар”, “Миигин, баһаалыста, хаартыскаҕа түһэр”, — диэн оҕо саастарын санаан, хаартысканан үйэтитэн хаалаллар.
— Улахан дьону “култуурунай өрөбөлүүссүйэ” бырагырааматынан 1962 сыллаахха диэри үөрэппиттэрэ. Бу 1962 сыллааҕы букубаар турар, үлэ үөһүгэр сылдьар дьон сиэптэригэр укта сылдьан үлэлэрин быыһыгар көрдүннэр, үөрэттиннэр диэн дьоҕус гына оҥорбуттар быһыылаах диэн сэрэйэбит.
“Сурук-бичик” букубаар 1939 сыллаахха диэри, 22 сыл устата туһаныллыбыта. Онтон кириллицаҕа көспүппүт. Кириллицаҕа көспүт букубаардарбыт бу тураллар –“Бастааҥҥы школа” (1939 сыллааҕы), — диэн хааһахтан хостоон эрэдии, Сергей Васильевич төһө баҕарар кэпсиир.
Итини таһынан, Саха сиринээҕи аҕыйах ахсааннаах чукчалар, дьүкээгирдэр, эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар букубаардара тураллар. Ону ааһан, сыгааннар, шордар, гагаустар, уурдулар, о.д.а. норуоттар букубаардарыгар, сүрүн бөрүөлэргэ, пеналларга тиийэ көрдөрүүгэ уурбуттар.
Хомойуох иһин быыстапка сийиэс кэмигэр алтынньы 3-7 күннэригэр эрэ турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ букубаардары, буолаары буолан ити курдук сэдэх экспонаттары көрдөрүү биирдэ эмэ тосхойор. Түгэни мүлчү тутумаҥ, баран көрүҥ.