«Дьокуускай куоракка подолог курдук сэдэх идэлээх Тахмина Степанова төрүттээбит Подология киинигэр кыһыннары-сайыннары элбэх киһи сылдьар. Баҕар ким эмэ: “Ол тугуй, тугунан дьарыктанар исписэлииһий?” — диэн дьиктиргээн ыйытыан сөп. Ол гынан баран, Саха сиригэр сайдан эрэр идэ элбэх киһиэхэ туһалааҕын уонна наадалааҕын Тахмина Степанова уонна кини үлэһиттэрин илиилэрин сылааһын билбит киһи итэҕэйэр.
Ким эрэ атаҕын тыҥыраҕа этигэр быһа үүнэр, атаҕын уллуҥаҕа улаханнык чэрдийэр эбэтэр хайа барар, тыҥырахтара кыайан кырыллыбат буолуор диэри кытааталлар, кыараҕас атах таҥаһын кэтэртэн атаҕын аалларар уо. д.а. Дьэ, маннык кыһалҕалаах дьон подолог идэлээх исписэлиискэ сылдьан, улаханнык махтанан бараллар.
Бу Тахмина Степанова туһунан сырдатан турабыт.
Кини Дьокуускай куоракка арыйбыт Подология киинэ хайыы үйэ 18-с сылын үлэлиир. Подолог идэлээх исписэлиис өссө баҕалаах дьоҥҥо анал куурустары ыытар, нэдиэлэҕэ куорат оскуолаларыгар лиэксийэлэри ааҕар. Саха сиригэр анал үөрэхтээх, подолог идэтин баһылаабыт исписэлиис элбиэн баҕарар. Дьокуускайга уонна Капитоновкаҕа кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр тиийэн үлэлиир. Бүлүү бөлөх улуустара эмиэ ыҥыраннар, онно баран үлэлээтилэр.
Бу күннэргэ Тахмина Степанова олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар олус долгутуулаах түгэҥҥэ бэлэмнэнэ сылдьар. Ол курдук, кулун тутар 19 күнүгэр Арассыыйаттан “Книга рекордов” анал хамыыһыйата кэлиэхтээх уонна 24 чаас устата төһө элбэх килийиэҥҥэ өҥө оҥорорун көрүөхтээх. Тахмина санаата бөҕөх — Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду муҥутуур үрдүк көрдөрүүтүн олохтуур баҕалаах.