Өлүөхүмэҕэ эр киһи ууга түһэн суорума суолламмыт

Өлүөхүмэ улууһугар 33 саастаах эр киһи ууга түһэн суорума суолламмыт. Кини арыгы иһэн баран,  биэрэктэн ыраах эбэҕэ харбаан киирбит.

Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Өлүөнэ эбэҕэ Өлүөхүмэ куораттан чугас биэс эр киһилээх хампаанньа сынньана сылдьыбыт. Кинилэртэн биирдэстэрэ арыгыны иһэн баран, 20 миэтэрэ ыраахха хаарбаан тиийэн баран ууга түспүт.

ТАР5АТ: