Өбүгэлэрбит сири ходуһа отун өҥүнэн араараллара

Өбүгэлэрбит сири ходуһа отун өҥүнэн араараллара.

  1. Уолба сир — уу кытыыта. Боруу, өлөҥ оттоох. Отун иҥэмтиэтэ мөлтөх соҕус.
  2. Хайырҕа сир — уута, сиигэ суох кураанах сир. Саамай минньигэс, иҥэмтэлээх оттоох сир. Сибэкки үүнэр таһыма.
  3. Толоон, маар — үрэх баһа.Отун өҥө мөлтүүр. Кулун кутуруга, сөкү булар.
  4. Марҕаайы сирдэр — марха талах, ыарҕа үүнэр, быыһыгар соппоҥ, мөлтөх оттоох сир.

 

Саха ыалын халандаара, «Айар» («Бичик») кинигэ кыһата, 2007 c.

ТАР5АТ: