Эмп-томп хаатын остуолга уурумаҥ!

Дьиэ иһигэр ким эмит ыарыйдаҕына, умнубат гына иһиллиэхтээх эми-тому, битэмииннэри барытын остуолга кыстыыбыт. Ол эрээри эми-тому, битэмиини мээнэ остуолга, ыскаапка уга сылдьар куһаҕан.

Маннык уура сырыттахха, Илиҥҥи итэҕэл этэринэн, ыарыы киһиттэн арахпат эбит….

Онон тус дьоҕус хоруопкаҕа кыһыл кириэс уруһуйдаан (мэдиссиинэ бэлиэтэ) эми-тому хаалыыр ордук. Остуолга эмиэ маннык бэлиэлээх анал хоруопка туруохтаах эбит.

Маны сэргэ, быраас суруйбут ырысыаптара, төлөбүр чиэктэрэ эмиэ мунньуллуо суохтаахтар.

ТАР5АТ: