Хатаска доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар ортолоругар олорон эрэ волейболга сүүмэрдиир күрэхтэһии буолла диэн “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа иһитиннэрэр.
«Олорон эрэ волейбол – биир саамай хамсааһыннаах, паралимпийскай көрүҥ буолар. Кыттааччылартан эт-хаан өттүнэн бэлэмнэниини эрэ буолбакка, хамаанданан бииргэ үлэлээһини, күүһү-уоҕу уонна кыайыыга дьулууру ирдиир. Биһиги спортсменнарбытынан киэн туттабыт уонна Дьокуускайга ыытыллар турнир паралимпийскай хамсааһыны сэргээччилэргэ чаҕылхай түгэнинэн буолуо диэн бигэ эрэллээхпит», – диэн «Биир дойду – табыгастаах эйгэ» баартыйа бырайыагын эрэгийиэннээҕи координатора Степанида Артахинова бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, «Дьулуур» успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ XV үбүлүөйдээх спартакиадата быйыл буолар. Онно улуустартан, куорат уокуруктарыттан 900 кэриҥэ киһи кыттара сабаҕаланар. Ол иһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтара бааллар. Күрэхтэһии успуорт сэттэ көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Үгэс быһыытынан олорон эрэ волейболга, голболга, чэпчэки атлетикаҕа, дуобакка, остуол тиэниһигэр күрэхтэһиэхтэрэ.


