Сииттэ нэһилиэгэр от үлэтэ былааннаахтык саҕаламмыта.

Уматык боппуруоһун олохтоох дьаһалта саас эрдэ дьаһанан, сүөһүлээх-астаах дьон хааччаҕа суох сөпкө оттуу киирбиттэрэ. Отчуттары, айылҕа мэһэйдээбэтэҕинэ, эрдэ оттоон бүтээччилэр уонна былааннарын өрүү толорооччулар. Быйыл да оннук түгэн тосхойдо. Ол курдук, оттуур тиэхиньикэтэ суох хаһаайыстыбаларга Василий Сивцев, Спиридон Сивцев, Альберт Ноговицын дьиэ кэргэттэрэ хаһыс да сылын удамыр сыанаҕа оттоон, дьиэлэрин таһыгар киллэрэн биэрэллэр, дьон махталын ылыахтарын ылаллар.
Улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениета Сииттэ нэһилиэгэр 800 туонна оту бэлэмнииргэ былаан түһэрбититтэн, хайыы-үйэ 100-тэн тахса бырыһыан толордубут. От хаачыстыбата үрдүк. Бүгүҥҥү туругунан Сииттэ нэһилиэгэр үс мобильнай биригээдэ тэрилиннэ. Кинилэр Кэбээйи «Ворошилов» хаһаайыстыбатыгар 400 туонна оту бэлэмнээри, күнү-дьылы баттаһан үлэ үөһүгэр түстүлэр. Онон Сииттэбит сүөһүлээх-астаах дьоно үлэ үөһүгэр күргүөмнээхтик сылдьаллара олус үөрдэр.
Марианна Сивцева.
Хаартыскалары, видеону Марианна Сивцева тиксэрдэ.