Өлүөхүмэ оройуонун борокуратууратын ирдэбилинэн оҕо туһатыгар моральнай хоромньу төлөнүөҕэ.
Быһаарыллыбытынан, оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэтигэр кыра кыысчаан атын иитиллээчи дьайыытыттан төбөтүн өлөрбүт. Бу уһуйаан үлэһиттэрэ оҕолору сөптөөхтүк хонтуруоллаабатахтарыттан тахсыбыта быһаарыллыбыт.
Онон, борокуратуура ирдэбилинэн оҕо туһатыгар уһуйаан 105 тыһ. солк. моральнай хоромньуну төлүөҕэ.