Бэрдьигэстээххэ уонна Сунтаарга Аҕа дойдуну көмүскээччилэр кэриэстэригэр уопсастыбаннай эйгэлэр тутуллуохтара

2027 сылга Бэрдьигэстээххэ уонна Сунтаарга Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ  аналлаах уопсастыбаннай эйгэ бырайыактара олоххо киириэхтэрэ.

Бэрдьигэстээххэ «Өрөгөй» искибиэр, оттон Сунтаарга «Земля Героев» диэн набережнай Уһук Илиннээҕи куорат эйгэтин тэрийиигэ анаммыт Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэс түмүгүнэн 50-нуу мөлүйүөн солкуобайы ылбыттара.

Бу көҕүлээһиннэр суолталарын Саха сирин баһылыга Айсен Николаев «Якутия, вперёд!» диэн биэриигэ бэлиэтээтэ. Эйгэлэри тэрийиини бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ бэйэлэрэ көҕүлээбиттэр.

Айсен Николаев бу бырайыактары олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ креативнай хамаандалара уонна айар устуудьуйалара, ол иһигэр «Үлэ кыбаарталыттан» кыттыһыахтара диэн эттэ.

ТАР5АТ: