Өймөкөөн улууһун борокуратуурата Уус Ньара бөһүөлэгин 1962 с.т. олохтооҕун үҥсүүтүнэн, быраабын көмүскүүр соруктаах бэрэбиэркэни ыытта.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бөһүөлэк дьаһалтата сири-уоту көрүүгэ-истиигэ, тупсарыыга эбээһинэһин мөлтөхтүк толорбутуттан сылтаан, үҥсүү түһэрбит эр киһи мууска халтарыйан охтубута уонна түөһүн эчэппитэ бигэргэтилиннэ.
Манна олоҕуран, борокуруор ирдэбилинэн суут бөһүөлэк дьаһалтатыттан эчэйбит биэнсийэлээххэ 30 тыһыынча солкуобай суумалаах моральнай хоромньуну төлүүргэ уураахтаата.
Суут уурааҕын толоруллуутун улуус борокуратуурата хонтуруоллуур.