Сэрэниҥ, халтараан!

Дьыл кэмнэрэ уларыйарыгар травматолог-быраастарга ыгым кэм кэлэр. Бу кэмҥэ мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйааччы хас эмэ төгүл элбиир. Ханнык эйэчиилэр баар буолалларын уонна хайдах харыстаныахха, сэрэниэххэ сөбүн туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал көмө мэдиссиинискэй киинин эйэчиигэ пуунун сэбиэдиссэйэ Мария Валентиновна Павлова сүбэтин билиһиннэрэбит.

 

Ханнык эйэчиилэр баар буолалларый?

Быһа түһүүттэн саҕалаан  тостууга тиийэ эчэйии  хас да көрүҥэ баар. Ону травматолог-ортопед эрэ быһаарар кыахтаах. Ол иһин, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бэйэҕит билэргитинэн  эмтэммэккитигэр, хайаан да мэдиссиинэ тэрилтэтигэр кэлэн көрдөрөргүтүгэр сүбэлииллэр.

Араас балаһыанньаҕа эчэйии маннык көрүҥнэрэ бааллар. Олоххо-дьаһахха – үлэ тустаах көрүҥүн кытта сибээһэ суох; үлэҕэ – үлэ кэмигэр; успуорка – успуорт тэрээһиннэрин кэмигэр; бойобуой – байыаннай дьайыы кэмигэр. Быһа түһүү, силгэ уунуута, бүлгүрүтүү, тостуу курдук эчэйиилэргэ тута ирдэниллэр  көмө сөпкө оҥоһуллара улахан суолталаах, оччоҕо чөлүгэр түһэрии да ситиһиилээх буолар. Халтарыйыы саастаах уонна остеопорозтаах дьоҥҥо ордук кутталлаах, кинилэр эчэйиилэрин чөлүгэр түһэрии да ыарахаттардаах буолуон сөп.

 

Син биир оҕуннум, оччотугар тугу гыныахха?

Холустук буолбакка, аа дьуо  хамсанан көрүҥ. Охтубут кэннэ аан бастаан төбөҕүтүн өрө көтөҕүҥ, илиигитин, атаххытын хамсатыҥ, бэйэҕит туруккутун иһиллэнэн көрүҥ. Ханнык да сытыытык биллэрэр ыарыы суох эрэ буоллаҕына туруҥ. Эчэйии баар буоллаҕына, хайаан да эйэчии пуунугар кэлиҥ.

 

Сэрэниэххэ, сэрэниэххэ…

Күһүн уонна саас  халтараан кэмигэр хобулуктаах атах таҥаһыттан туттунан,  хайаан да  табыгастаах атах таҥаһын талан кэтиҥ. Ыксаабакка, аргыый хаамыҥ, лаампа сырдаппат уулуссаларын  уонна килэм мууһу тумна сатааҥ.  Тайахтаах сылдьыахха эмиэ сөп.

Оҕуннахха ханнык эйэчиилэр эрэйдиилллэрий?

Халтараан кэмигэр ордук элбэхтик көстөр эчэйиинэн    илии салбаҕар тирэнэн охтуу буолар. Ону таһынан сото, атах хаптаҕайын  сүһүөхтэрин диэкинэн,  тобук уҥуоҕун, сис тоноҕоһун эчэйиилэрэ бааллар.

 

Халтараан сиринэн ааһарга

Бүлтэгэр уллуҥахтаах атах таҥаһын кэтиҥ. Саастаах дьон тирэнэргэ туһалаах эрэһиинэ уһуктаах тайахтанара хайаан да наада. Төһө кыалларынан ыарахан суумкаланымаҥ, хаамаргытыгар илиигитин хармааҥҥа уктумаҥ. Ураты болҕомтоҕутун суолу туоруурга ууруҥ. Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа пресс-сулууспата

 

 

 

 

ТАР5АТ: