Алексей Еремеев: «Ылыллыбыт сокуоннар олоххо-дьаһахха  туһалыахтара»

Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын тэтимнээх үлэтин түмүгүн туһунан Ил Түмэн мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев санаатын үллэһиннэ.

Бүгүн элбэх боппуруоһу көрдүбүт. Бастакы барылга көрүөхтээх боппуруостарбытын барытын бигэргэттибит, уураахтары ылынныбыт.  Бу сокуоннар олоххо-дьаһахха, өрөспүүбүлүкэ үлэтигэр-хамнаһыгар  туһалыахтара. Үлэлии олорор сокуоннарбытыгар сөптөөҕүнэн ааҕан, уларытыылары киллэрэн биэрэбит. Үгүс этии, киирдэ, ырытыы буолла. Ол курдук, 2025 с. судаарыстыбаннай бас билии приватизациятын отчуотун туһунан дьүүллэһиигэ дьокутааттар приватизацияттан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр аҕыйах үп киирэрин бэлиэтээтилэр. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар хаһаайыстыбаларын сирдэригэр-уоттарыгар элбэх бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ сир баайын хостууллар. Онно Томпоҕо, Өлүөхүмэҕэ, Уус Маайаҕа сытыытык турар боппуруостар бааллар. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар  бырааптарын араначчылыыр боломуочунай  үлэтин-хамнаһын иһиттибит. Киниэхэ дьокутааттартан элбэх ыйытыы уонна этии киирдэ.

ТАР5АТ: