Чурапчы «Аптаах бурдугун» сулустаах чааһа

«Аптаах бурдук» —  Чурапчы улууһун киэн туттар бренд буолбут килиэп бородууксуйатын оҥорон таһаарар урбаанньыт Ульяна Заровняева тэрилтэтэ.

Кини бэйэтин бэкээринэтигэр уонна кондитерскайыгар олохтоох бурдуктан ас арааһын астаан батарар. “Бэкээринэбин 2014 сылтан үлэлэтэбин. Бурдукпун олохтоох бурдук үүннэрээччи пиэрмэр Данил Павловтан атыылаһабын. Бэйэбит дьоҕус  миэлиҥсэлээхпит, бурдукпутун онно мэлийэбит. Бурдук ас 28 көрүҥүн оҥорон таһаарабыт” диэн кэпсиир урбаанньыт. Быйыл Кэбээйигэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕар чурапчылар “Аптаах бурдуктара” ыһыах дьонугар саламаат астаан амсатан, дьону олуһун үөрдүбүтэ. Бүгүн “Биисинэс ЭКСПО 2026” быыстапкаҕа Ульяна Заровняева эмиэ бренд оҥорбут Чурапчытын “Аптаах бурдугуттан” сып-сылаас, мип-минньигэс саламаатын астаан, быыстапкаҕа кэлбит дьону амсатта.

ТАР5АТ: