Күн-дьыл туруга: атырдьах ыйын 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?

Саха сирин соҕуруу өттүгэр, арктика кытылынан кыра ардахтаах, Нерюнгри оройуонугар дохсун ардах түһүө диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр. Арктика оройуоннарыгар уонна соҕуруулуу-арҕаа сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Түүн +1+6°, халлаан дьайҕардаҕына 0,-3 °, хотугулуу-илин халлаан дьайҕардаҕына 0,-5 °. Күнүс +18+23 °, хотугулуу-илин +14+19°, Халымаҕа +11+16 °.

Дьокуускайга күнүс +19+21°, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах.

 

ТАР5АТ: