ИДьМ Уус Маайа оройуоннааҕы отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтартан бэлисипиэтин уорбуттарын туһунан сайабылыанньа киирбит.
Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрин суһал-ирдиир үлэлэринэн уорбаланааччы 16 саастаах оҕо буолара быһаарыллыбыт.
Бу улаатан эрэр оҕо маҕаһыын таһыгар бэлисипиэт хатыыр тэрилэ суох турарын бэлиэтии көрбүт. Чугас ким да суоҕунан, бэлисипиэти ылбыт. Буруйдаах бэйэтэ быһаарбытынан, сатыы хааман барымаары ылбыт. Ол гынан баран, тэбэн иһэн охтон бэлисипиэти алдьаппыт уонна аара хаалларан кэбиспит.
РФ ХК 158 ыст. 2 ч. («Кража») холуобунай дьыала тэриллибит.
Ытыктабыллаах гражданнар! Бэлисипиэккитин көрүүтэ-истиитэ суох хаалларымаҥ уонна аҕыйах да мүнүүтэҕэ хаалларар буоллаххытына, анал тэрилинэн хатааҥ.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата