Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан өрүһүнэн дьону таһыы туһунан иһитиннэрии

Күһүҥҥү усулуобуйаҕа көһүүнэн сибээстээн, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан түргэн сырыылаах катердар үлэлэрин эрэсиимэ 30 мүнүүтэнэн кылгаата.

Саҥа үлэ эрэсиимэ: күн аайы сарсыарда 07:00 чаастан киэһэ 20:00 чааска диэри.

«Ленаводсервис» уонна «ЛенаТранс» ХЭУо дьону «Намыв» (204-с түөлбэ) ыстаансыйаттан Аллараа Бэстээххэ күүтэр пууҥҥа диэри таһаллар. 20 катер үлэлиир. Биир киһини туоратыы төлөбүрэ 400 солк. тэҥнэһэр.

«Сулус» хампаанньа Дьокуускайдааҕы өрүс пуордуттан Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр «Мыраан анныгар кытылга» катердар тохтуур сирдэригэр диэри таһар. Барыта 10 катер үлэлиир. Сыаналара 500 солк.

Ону тэҥэ, «Саха сирин тимир суоллара» АХ айаннааччылары таһар сыалтан «В. Рукавишников» теплоход айанныыр. Теплоход уонна оптуобус төлөбүрэ (Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыгар диэри) холбоон биир киһиэхэ 800 солкуобайга тэҥнэһэр. Бу туһунан Саха сиринээҕи тырааныспар министиэристибэтин МАХ-ханаалыгар иһитиннэрэллэр.

 

ТАР5АТ: