Элбэх үлэһит, ордук уһун өрөбүллэр иннилэринэ эбэтэр үп-харчы өттүнэн ыарахаттар үөскээтэхтэринэ, уоппускам оннугар харчы ылыам этэ диэн толкуйдуур. Ханнык түгэҥҥэ сынньалаҥы харчынан солбуйар көҥүллэнэрин, оттон хаһан бобулларын туһунан «Прайм» ааҕыныстыбаҕа А2 HR управляющай партнера Алексей Чихачев кэпсээтэ.
«„Уоппусканы харчынан солбуйуохха сөп дуо?“ диэн ыйытыы мэлдьи иһиллэр, оттон хоруйа — мэлдьи „суох“ диэн буолар. Үлэ кодексатын быһыытынан, сыллааҕы уоппуска 28 халандаарынай күнтэн ордуга эрэ харчынан толуйуллуон сөп. Ол аата, сүрүн 28 күнү үлэһит үлэ биэрээччигэ харчыга астаһара бобуллар, булгуччу сынньаныахтаах», — диэн эспиэр быһаарда.
Ордук күннэри эрэ харчынан ылыахха сөп
Харчынан 28 күнтэн тахсар эбии күннэри эрэ солбуйуохха сөп. Маннык эбии сынньалаҥ күннэрэ сорох категория үлэһиттэргэ бэриллэр: кээмэйэ суох үлэ күннээх, буортулаах усулуобуйаҕа үлэлиир, сорох миэдиктэргэ, педагогтарга уонна атын төрүөтүнэн уһатыллыбыт уоппускалаах дьоҥҥо. Ити эбии бэриллэр 3-7 күнү үлэһит сайабылыанньатынан харчынан төлөтүөн сөп.
Ол эрээри манна эмиэ ураты быраабылалар бааллар. Ол курдук, эбии күннэри хат дьахталларга, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго уонна буортулаах, кутталлаах үлэлэргэ сылдьар дьоҥҥо харчынан толуйар бобуллар. Кинилэр булгуччу сынньаныахтаахтар.
Үлэттэн уурайдахха эрэ
Мунньуллубут уоппусканы бүтүннүүтүн харчынан ылар биир эрэ түгэн баар — үлэттэн уурайдахха. Оччоҕо үлэһиккэ төһө да күн мунньуллубутун иһин, туһаныллыбатах бары күннэригэр кэмпэнсээссийэ төлөнөр.
Эспиэр кэтээн көрүүтүнэн, ити төрүөтүнэн элбэх киһи үлэттэн уурайар кэмигэр харчынан ылар толкуйдаах, сылы-сыллаан уоппускаҕа барбат. Бу дьаһал сөп курдук эрээри, буортулаах — сынньалаҥа суох сылдьан киһи үлэттэн «сылайар» уонна элбэх киһи тэҥинэн уурайар түгэнигэр улахан ороскуокка киирэр.
Үлэһит уоппуска оннугар харчы ылыан баҕарара — көрдөһүү буолбатах, сэрэтэр бэлиэ. Ити киһи эбэтэр наһаа элбэх үлэлээҕиттэн тохтоон сынньанар кыаҕа суоҕун, эбэтэр дохуота тиийбэтиттэн сынньалаҥтан аккаастанан, харчынан ылыан баҕарарын этэр.