Байыаннай дьайыы кэмигэр саха байыастарын санаатын көтөҕөр, кинилэргэ күүс-уох биэрэр ураты түгэн улуус олохтоохторун үөртэ.
Сэрии толоонугар киирээри полигоҥҥа эрчиллэ сылдьар уолаттарга анаан сир анныгар дьиҥнээх сахалыы балаҕан тутуллан үлэҕэ киирбит.
Бу үтүө хамсааһыны хантараагынан сулууспалыы сылдьар уонна дойдутугар бэриниилээх Юрий Гуринов бэйэтинэн көҕүлээтэ уонна быһаччы салайан олоххо киллэрдэ. Улахан тутуу Сунтаар улууһун дьаһалтатын уонна анал тирэх пуун көмөтүнэн тутулунна.
Саха дьоно ханнык да ыарахан кэмҥэ бэйэбит төрүт итэҕэлбит күүһүгэр, айылҕабыт арчытыгар эрэниибит үйэлэр тухары уостубат. Ол сиэринэн, олус түргэн кэм иһигэр улахан үлэ барда. Бу саас улуус баһылыга Анатолий Григорьев балаҕан тутуллуохтаах сирин алҕаабыта. Билигин кылгас кэм иһигэр сир анныгар сахалыы ис хоһоонноох, мааны моһуоннаах дьиҥнээх саха балаҕана дьэндэйэн турда.
Харысхаллаах, алгыстаах буолуҥ, саха буойуттара! Дойду үрдүнэн эйэлээх олох эргиллиэр диэри төрүт сиргит күүһэ эһигини араҥаччылыы сырыттын!
Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата