Мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ толору хааччыллыбыттар

СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэҥҥэ бары эмтиир-сэрэтэр тэрилтэлэр тохтоло суох үлэлииргэ наадалаах уматык-оҕунуох матырыйаалларынан толору хааччыллыбыттар.

—Бу тиэйэн аҕалыылар доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин уматыкка наадыйыыларын сабаллар. Быһыы-майгы хонтуруолланар. Түһэрсиллибит хантараактарынан уматык-оҕунуох матырыйаалларын тиэрдии штатнай эрэсииминэн толоруллар. Билиҥҥи туругунан мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр барыта этэҥҥэ, — диэн биэдэмистибэҕэ бэлиэтииллэр.

СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн уматыгы хааччыйыы систиэмэтигэр туох да харгыһы таһаарбат сыалтан суһал ыстаап үлэлиир.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/57231

СӨ Ил Дарханын уона Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

 

ТАР5АТ: