Трофим Павлов (Тэрэппиин атыыһыт), Петр Павлов (Бастаанньаһыт Баабылап)
1924 сыллаах урукку картаҕа Ботуобуйа үрэҕин уҥа биэрэгэр «юрта Павлова» диэн сир аата сурулла сылдьар. Бу эргин Павлов аатынан сир ааттаммытын туһунан иһиллибэт буолара. Арай урукку будулҕаннаах бутуурдаах гражданскай сэрии кэмнэригэр “таһыырдаах этэрээт”, “Бастаанньаһыт Баабылап” диэн сурах Хочо сириттэн дөрүн-дөрүн да буоллар иһиллэр этэ. Өссө хойукка диэри бу эргин олорбут Сахаар Кууһумата диэн киһини Баабылап киһитэ диэн олохтоохтор билэр этилэр.
Онтон сиэттэрэн, бу эргин Тэрэппиин атыыһыт уонна кини уола Бастаанньаһыт Баабылап хонон-өрөөн ааһар буоллахтара диэн толкуй киирэр.
Тэрэппиин Павлов уонна кини уолаттарын туһунан республика хаһыаттарыгар элбэхтик суруллар. А.А. Моякунова архыып матырыйаалларыгар олоҕуран суруйбут кинигэтин аахтахха, Тэрэппиин атыыһыт уонна кини уолаттарын дьылҕаларын нөҥүө Саха сирин историята дьэҥкэтик арыллар, киһи элбэҕи билэр.
Трофим Васильевич Павлов (Попов) – 2 гильдиялаах атыыһыт, меценат. Сунтаар – Мухтуйа суолун солоон, атыыһыт суолун оҥорторбут киһинэн биллэр. Киэҥ сиринэн сылдьан, Иркутскай, Кяхта сириттэн табаар аҕалан, эргинэрэ. Оскуола уонна таҥара дьиэлэрин тутууларын үбүлээбит киһинэн биллэр.
Бастаанньаһыт Баабылап диэн кимий?
Петр Трофимович Павлов – Тэрэппиин атыыһыт-Трофим Васильевич Павлов улахан уола (1877 сыллаах төрүөх). Иркутскайдааҕы учуутал сэминээрийэтигэр үөрэммитэ. Бэйэтин кэмигэр биллэр киһи. Төрөөбүт сиригэр-уотугар киэҥ хабааннаах уопсастыбаннай үлэтинэн биллэн-көстөн барбыта. Олохтоох дьоҥҥо элбэх көмөнү оҥорон, олохтоохтор билинэр уонна убаастыыр киһилэрэ буолар. Революция иннинэ Хочо улууһугар “Братья Павловы и К” диэн атыы-эргиэн тэрилтэтин тэрийэр. Үөрэхтээх буолан, Мэйик салалтатыгар суруксутунан үлэлиир. 1897 сыллаахха Мэйик нэһилиэгэр олохтоох дьон перепиһын ыытан, боруонса мэтээлинэн наҕараадаланар.
1898 с. улуус үрдүнэн сут-кураан сатыылаабыта. Дьокуускай күбүрүнээтэрин быһаччы дьаһалынан Петр Павлов Мэйик нэһилиэгиттэн хамыыһыйа чилиэнинэн анаммыта. Кини салайар тэрилтэтэ — “Братья Павловы и К” – ыаллыы улуустартан от атыылаһан түҥэтэлиир. Кыаммат ыалларга аһы-табаары босхо түҥэттэрбитэ, итиннэ аҕата Трофим Павлов 500 мөһөөгү сиэртибэлээбитэ.
1899 с. Петр Павлов Хочо быраабатыгар быыбарынайдаабыта.
1917 с. от ыйыгар Бүлүү уокуругар буолбут сийиэскэ улуустан дэлэгээт буолбута. Ити курдук, үлэ үөһүгэр сылдьыбыта.
1921-1922 сс. Хочо уонна Сунтаар улуустарыгар кыһыллары утары өрө туруу саҕаланар. Петр Павлов үрүҥнэр этэрээттэрин салайааччыта буолар. Кини былааһы утары барыыта бэйэтэ туспа устуоруйалаах этэ. Ол саҕана биирдиилээн кыһыл этэрээт сэбиэт былааһа ыытар политикатын токурутан, олохтоох дьоҥҥо кырыктаахтык сыһыаннаһан, дьон сэбиэт былааһын утары турара элбиир. Чуолаан, Петр Павлов аҕатын, Тэрэппиин атыыһыты, кыһыл этэрээт байыастара чумпуурунан таһыйан өлөрө сыһаллар, баайын, көмүһүн ханна кистээбитин билэ сатыыллар. Тугу да булбакка, атын сиргэ тэскилииллэр. Онно тиийэн, сэниэ ыаллартан баай булаары эмиэ дьону таһыйан, “таһыырдаах этэрээт” аатынан биллэр буолан бараллар. Сорох дьону өлөрөн, малларын халаан, олохтоох дьону бэйэлэриттэн тэйитэллэр, утары туруораллар.
Ханнык былаас дьоҥҥо туһалааҕа, кыра-хара дьону көмүскүүр кыахтааҕа биллибэт буолан тахсар. Петр аҕатын таһыйбыттарыттан, өлөрө сыспыттарыттан кыыһыран-абаран, сэбиэт былааһын утары барарга сананар. Этэрээт хомуйан, Сунтаар эҥээр кыһыл этэрээти утары сэриилэһэр. Хомолтото баара, кыһыл этэрээт хамандыырынан Петр Павлов уола Андрей буолар. Аҕа уонна уол утары туруулара ол буккуурдаах, дьалхааннаах сылларга баара чахчы.
Гражданскай сэрии биллэр командира И.Я. Строд Петр Павловы кытта эйэ сөбүлэҥин түһэрсэр. 1922 сыллаахха Павлов этэрээтэ саатын-саадаҕын ууран туран, толору амнистияланар. Ити кэннэ Петр Павлов Мэйик сиригэр олорор, булду сонордоһон уонна эргиэнинэн дьарыктанан, Бүлүү эҥээр киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьар.
Бүлүү эҥээр ол саҕана бастакы экспедициялар үлэлэрэ саҕаланар. Петр Павлов экспедиция үлэһиттэригэр көмөлөһөн, көлө табалары уонна сирдьит дьону булар.
1925–1926 сылларга Бүлүү уонна Өлүөхүмэ уокуруктарыгар олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун үөрэтэр быраастар бөлөхтөрүгэр эмиэ улахан көмөнү оҥорор: сирдьит дьонунан, таба көлөнөн. Сиргэ сылдьалларыгар бэйэтин хомуллар ураһатын биэрэн ыытар диэн ахтыыларга суруллар.
1927 сыллаахха Ленинградтан Минералогия уонна металлургия институтуттан исландскай шпат (бу эргин Ахтараҥда тааһа диэнинэн биллэр) көрдүүр экспедиция үлэһиттэригэр эмиэ улахан көмөнү оҥорор.
Петр Трофимович Павлов үөрэхтээх, прогрессивнай өйдөөх санаалаах киһи буолан, дойдута сайдарыгар, дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар кыһаллара биллэр.
1930 сыллаахха ОГПУ Сунтаардааҕы этэрээтин байыастара Петр Павловы сойуолаһан туран, ир суолун ирдээн, ойуурга ситэн өлөрөллөр. 75 табаны, 400 тииҥ, саһыл тириитин булан илдьэ бараллар.
Павлов Петр Трофимович – киирбит-тахсыбыт, киэҥ билсиилээх, прогрессивнай өйдөөх-санаалаах, олоөун тиһэх күннэригэр диэри санаатын булгуруппатаҕа, талбыт суолуттан туораабатаҕа. Икки үйэ күөн көрсүһэн былаас уларыйар будулҕаннаах кэмигэр устуоруйа миэлиҥсэтэ кинилэри – чулууттан чулуулары – талан ылан туруорбута.
Саха үөрэхтээх, бас-көс дьоно биир дойдулаахтарын үрдүнэн ыаһар былыт сабардаабыт кэмигэр хараҥа күүстэн дурда-хахха буоларга туруммуттара уонна ону чиэстээхтик толорбуттара.
Садын сирэ олус баай буолан, Бүлүү сүнньүн улуустарын атыыһыттара Садыҥҥа, салгыы Сүрүҥдэ күөлүнэн Хоотуҥкаҕа тахсан, Дьэһиэйгэ ааһаллара. Биллэн турар, табанан сылдьаллара. Бу Садын сиригэр ордук элбэхтик Сунтаар Мэйигин атыыһыта Трофим Павлов эргиммитэ. Эдэригэр олус сытыы-хотуу булчут киһи Бүлүү баһыттан эбэҥки кыыһын сүгүннэрэн, таба бөҕөнү үүрэн киирбитэ үһү. Ол саҕана Сүрүҥдэҕэ элбэх күрэхтэһиилээх улахан дьааарбаҥка, күүлэй буолара. Трофим Павлов манна мэлдьи сылдьар, эргинэр буолан, сыыйа байан барбыт. Бу бастакы кэргэниттэн оҕото Петр Павлов этэ. (Моякунова, 2022 с.).
Оттон Ботуобуйа сиригэр Павлов хонон-өрөөн ааһара биллэр суол. Бу сиринэн урукку айан суола ааһара, Туой Хайанан Ньорбохоҕо, салгыы Хоотуҥкаҕа тиийэ. Тыаһыт суола, айан суола – булчут, атыыһыт дьон элбэхтик сырыы сылдьыбыт суоллара буолар. Павлов хонон-өрөөн ааһар сирэ ити 1924 с. картаҕа бэлиэтэммит буолуон сөп. Айан дьоно хонон-өрөөн, табаларын сынньатан ааһаллара биллэр. Ону таһынан, олохтоох булчуттартан түүлээх тутан, эргинэллэрэ чахчы. Картаҕа атыыһыт суола Мархайаттан Ичода төрдүнэн Үлэгири кыйа ааһан, Ботуобуйаны туораан, Харыйа үрэҕин кыйан, Куччугуй Ботуобуйанан Сунтаар – Мухтуйа суолугар тахсар. Айан суола Таас Үрэҕинэн Мухтуйа туһаайыытынан эмиэ ааһар. Ону таһынан, Аккыырай (архиерей) суола диэн, күбүрүнээтэр ыйааҕынан тутуллубут суол Туой Хайа диэки ааһар. Бу суол 5 саһаан гына солонуохтааҕа, онтон сылдьыһар суола 2 саһаан буолар.
Олохтоох дьон ахтыылара тугу кэпсиир…
Васильев Иван Кононович, 1917 с. төрүөх, кэпсииринэн, бу эргин түүлээх тутар атыыһыттар кэлэллэр эбит. Олохтоох дьон түүлээҕи туттаран, табаар ылар эбиттэр.
Никифоров Петр Ефремович, 1928 с. төрүөх, урукку айан суолларын суруйтарбыт суругар, Үлэгиринэн Мархайаҕа ааһар айан суола бэлиэтэммит. Бэйэтин кэмигэр итинэн элбэх табалаах да, аттаах да дьон айаннаатахтара.
Данилова Анастасия Павловна, 1932 с. төрүөх кэпсииринэн, кини оҕо эрдэҕинэ дьонугар, Кудулаах Билиригэр, Бүлүү дьоно кытта кэлэн ааһаллар эбит. Аҕата Куйукта Байбал сүрдээх кыахтаах, сэниэ ыал аҕа баһылыга киһи эбит. Элбэх табалаах, сүөһүлээх, аттаах. Сырыы бөҕө сылдьар, айанныыр этэ диэн Анастасия Павловна ахтар.
Павловтар тустарынан олохтоохтортон ахтыы хаалбатах. Бастаанньаҕа сылдьыспыт биир эмэ киһи баара эбитэ буолуо да, урукку суостаах кэмҥэ ону ким да кэпсээбэт буоллаҕа. Ботуобуйа сирин дьоно, булчуттар, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн, чахчыта, Павловтары билэр буолуохтаахтар.
Онон, атыыһыт дьон, Павловтар, Ботуобуйаны быһа ааспатах буолан тахсаллар. Түүлээҕи тутан, эргинэн, атыыһыттар элбэх үбү-харчыны киллэрэллэрэ биллэр, күндү түүлээҕинэн баай Ботуобуйа, Садын сирэ сылдьар, эргинэр сирдэрэ буолар. Картаҕа бэлиэтэммит сир ааһар аартыктарыгар турбут. Күрүө-хаһаа, олорор дьиэ, ураһа да турбут буолуон сөп.
Оттон олорор сирбит – Таас Үрэх – элбэх карталарга бэлиэтэнэр, сурукка суруллар. Айан дьонун аартыктарын тохтоон ааһар сирэ буолара чахчы. Таас Үрэхтэн айан аартыктара Бүлүү эҥээр уонна Мухтуйаҕа ааһаллар. Холобур, Бүлүү эҥээр биир суол хайысхата – Таас Үрэхтэн саҕалаан Ампаардаах – Хачаа – Харыйа – Үчүгэй Үрэх – Ыстаан – Бүлүүчээн – Кириэстээх – Тойбохой – Сунтаар. Ботуобуйа үрэх хаҥас салааларынан Чайаҥдаҕа уонна Туой Хайа туһаайыытынан Ньорбохо уонна Хоотуҥка диэки айан суола арыллар.
Ботуобуйа нэһилиэгэр Павловтар-Поповтар аймахтара олороллор. Иванов В.А. уонна Н.А. эбээлэринэн уонна Васильева Е.М. эһээлэринэн Трофим Васильевич Павлов (Тэрэппиин атыыһыт) чугас аймахтара буолаллар.
Максимова А.В. Таас Үрэх, Мииринэй.